Сонун сүүрээҥҥэ өйөбүл

Саха сирэ “Дьоҕус уонна орто биисинэс уонна урбаанньыт тус көҕүлээһинин  өйөөһүн” национальнай бырайыакка 2019 сылтан ыла кыттар.

Бырайыак сүрүн ирдэбилэ – дьоҕус уонна орто бииси­нэс эйгэтигэр үлэлиир урбаан­ньыт  ахсаанын элбэтии. Былырыыҥҥы чахчынан, бу салааҕа 113,32 тыһыынча киһи эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 116 тыһыынча урбаанньыт бэйэ дьыалатынан дьарык­танар.

Национальнай быра­йыак чэрчитинэн 64 урбаанньыт 31,65 мөлүйүөн солкуобай суумалаах субсидияны грант быһыытынан туһанна. Онтон 42 социальнай хайысханан дьарыктанар ур­­баанньыт – 20,49 мөлүйүөн солк.  уонна 22 эдэр урбаанньыт 11,16 мөлүйүөн солк.  грант ылбыттар.

Маны таһынан, “Мин биисинэһим” киин дьоҕус уонна орто биисинэс урбаанньыттарыгар 22,4 тыһыынча сүбэ-­ама биэрэр өҥөнү оҥорбут. 69 үөрэх-билии биэрэр тэрээһиҥҥэ 1,5 тыһыынча киһи кыттыыны ылбыт.

Со­циаль­най туризмы са­­йын­нарыыга үлэлэһэр урбаан­ньыттарга көрүллэр өйөбүллэри ырытан көрүөҕүҥ.

Социальнай хайысха үгүс урбаанньыты угуйар

Чааһынай уһуйаан

Кэлиҥҥи сылларга социальнай урбаан хайысхатынан дьарыктанар дьон ахсаана элбээтэ. Ол курдук, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, социаль­най тэрилтэлэр реестрдэригэр 192 дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанар киһи  киирэн турар. Бу реестргэ киирбит социальнай тэрилтэлэргэ үбүнэн өйөбүл оҥоһуллар, урбаанньыттар сүбэ-ама өҥөтүнэн толору туһаналлар.

“Төһөнөн өйөбүл көрүллэр, оҥоһуллар да, биһиги, урбаанньыттар, эмиэ оннук сайдар саҕахтары тобулабыт, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэбит”.

“Үбүлээһин өттүнэн туох көмө оҥоһулларый?” диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Урбаан уонна туризм дьыалаларыгар минис­тиэристибэ исписэлиистэрэ быһаарбыттарынан, 100-тэн 500 тыһыынча солк. диэри субсидия быһыытынан грант көрүллэр (Арктическай оройуоннарга –
1 мөлүйүөн солк.) Урбаанньыттан бэйэтиттэн дьыалатын тэринэригэр 25% утары үбүлээһин ирдэнэр эбит. 2021-2023 сылларга 142 социальнай урбаанньыкка грант бэриллибит.

Туризмынан дьарыктанар урбаанньыттарга өйөбүл

Саха сиригэр РФ Бэрэси­дьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрия­та» национальнай быра­йыак чэрчитинэн 2023 сылга 196,28 мөлү­йүөн солкуобайы туризм инфраструктуратын уонна дьоҕус сынньатар дьиэлэри тутууга федеральнай субсидиялар бэриллибиттэрэ. Өйөбүлү Амма, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта улуус­тарыттан уонна Дьокуускай куораттан дьоҕус уонна орто ур­баан 45 тэрилтэтэ 67,7 мөлү­йүөн  солк. суумалаах субсидияны ылбыттара. Үбүлээһин өйөбүлэ үс хайысханан оҥоһуллар буолан, бу салааҕа ур­­баанньыттар араас кэрэхсэбиллээх быра­йыагы толкуйдууллар. Ол ханнык хайысхаларый? Бастакынан, туризм инфраструктуратын са­­йыннарыыга туһуламмыт уопсас­тыбаннай көҕүлээһиннэри уонна быра­йыактары өйөөһүн. Иккис ха­­йысха – эрэгийиэннэргэ туризмы сайыннарыыга туһуламмыт дьаһаллары олоххо киллэрии. Үсүһүнэн, муниципальнай тэриллиилэр уопсастыбаннай сирдэрин-уоттарын сайыннарыыга, ол иһигэр туризм кииннэрин тупсарыыга туһуланар бырайыактар.

ххх

СЫЫППАРАЛАР
СӨ Урбаан сайдыытын пуондата 2023 сылга оҥорбут өйөбүлэ:
424 урбаан тэрилтэтигэр –
1,7 млрд солк.;
187 урбаан тэрилтэтигэр –
4-12 % чэпчэтиилээх сойуомунан
0,5 млрд солк.;
237 урбаан тэрилтэтигэр – мэктиэлээһининэн (поручительство)

1,2 млрд солк.

Айсена Платонова,  «Изумрудный город» чааһынай уһуйаан салайааччыта:

– Мин социальнай урбаанньыт быһыытынан 2015 сыллаахха чааһынай уһуйаан тэрийбитим. Тэрилтэбэр 65 кырачаан сылдьар. Үөрэх министиэристибэтин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибин. 15 анал идэлээх үлэһиттээхпин. Иитээччилэр бары идэлэригэр бэринии­лээх, айылҕаттан талааннаах дьон. Кырачааннарбытыгар хаачыстыбалаах билиини-көрүүнү биэрэн, араас үөрүйэхтэргэ үөрэтэн, оскуо­ла боруогун атыллыырга толору бэлэмнээх оҕолору иитэн таһаарабыт. Оскуолаҕа киириэн инниээҕи оҕолору үөрэтии эйгэтигэр бэйэ дьыалатын сайыннарыыга социальнай урбаанньыт быһыытынан 500 тыһыынча солкуобайдаах граны ылан, дьоҕус биисинэспин сайыннарыыга тутта сылдьабын. Судаарыстыбаттан бу маннык өйөбүл биһиги үлэбитигэр сонун сүүрээннэри киллэрэрбитигэр көҕүлүүр.

Петр Андреев, Хаҥалас улууһун “Орто дойду” туристическай комплекс салайааччыта, “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайына:

– Хаҥалас улууһугар турар “Орто дойду” туристическай комплекспытыгар эбии туристарга анаан 24 нүөмэрдээх үс сулустаах саҥа гостиницаны тутаары сылдьабыт.

Маныаха ааспыт сылга «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» национальнай бырайыак  федеральнай гранын ылбыппыт бу тутуубутугар төһүү өйөбүлүнэн буолла.  Саҥа тутуллар гостиница бырайыагар биир куорпус, уопсас­тыбаннай киин, сауна, бассейн баар  буолуоҕа. Өйөбүл грант суумата – 36 мөлүйүөн солкуобай. Гостиницабыт тутуутун аны күһүҥҥэ диэри бүтэрдэрбит диэн былааннаахпыт. Баҕа санаабыт “франшиза” көрүҥүнэн 10 улууска маннык гостиницалар баар буолалларыгар. Ол бырайыакпытын бастаан Горнай, Нам улуус­тарыттан саҕалыахпыт. Онтон өрүс уҥуор улуустарга тахсыахпыт. 4-5 маннык хайысханан үлэлиир отель-гостиницаны туттахпытына, туристары кытта үлэлэһэр федеральнай ааҕыныстыбаларга тахсар кыахтанабыт. Онон былааммыт кэҥээн иһэр. Төһөнөн өйөбүл көрүллэр, оҥоһуллар да, биһиги, урбаанньыттар, эмиэ оннук сайдар саҕахтары тобулабыт, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэбит.

Ити курдук, араас хайысханан үлэлиир урбаанньыттар үгүс өйөбүлүнэн, көмөнөн туһанан, өрөспүүбүлүкэбитигэр урбаан сайдыытыгар туһуламмыт национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ улахан үлэни ыыталлар. 

Хаартыскалар: Айсена Платонова, Петр Андреев тус архыыптарыттан.

ТАР5АТ: