АГИКИ тэрийэн ыытар «Созвездия Арктики» бүтүн Россиятааҕы куонкуруска дойду араас регионнарыттан 150-тан тахса сайаапка киирдэ. Бу туһунан үрдүк үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Коронавирус ыарыытынан сибээстээн куонкурус очно уонна дистанционно тэриллиэҕэ. Уопсайа 150 киһи кыттар баҕатын биллэрдэ — биирдиилээн ырыаһыттар уонна бөлөхтөр. Кыттааччы улахан аҥара куонкуруспутугар бастакытын кыттыаҕа», — диэтэ тэрийээччи Николай Пикутскай.
Биллиилээх дирижер этэринэн, сайаапкалар Москва, Санкт Петербург, Новосибирскай, Красноярскай уонна да атын Россия куораттарыттан киирбиттэр.
Куонкурус үс хайысхалаах: «Народно-инструментальное исполнительство», «Вокал», «Композиция и инструментовка». Хас биирдии хайысхаҕа сааһынан араардылар.
Кыттааччылары биллиилээх артыыстар, композитордар уонна солистар сыаналыахтара.
Тэрээһин ахсынньы 13 күнүгэр Гагарин аатынан култуура уонна аныгы искусство киинигэр Самуил Маршак «12 месяцев» остуоруйатын хаамыытынан туруоруллубут кэнсиэринэн түмүктэниэҕэ.
«Куонкурус сүрүн соруга — өрөспүүбүлүкэҕэ үнүстүрүмүөнүнэн толорууну сайыннарыы, итиэннэ ыччаты музыка эйгэтигэр угуйуу, сайыннарыы», — диэтэ Николай Пикутскай.