Спортивнай эбийиэктэргэ —күргүөмнээх үлэ

Ыйы кыайбат кэминэн Дьокуускайга VIII “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар саҕаланыахтара. 3000‑тан тахса спортсмен, ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр. Бу үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии үлэтэ хайдах бара турарый?

“Модуҥҥа”

“Модун” спортивнай комплекска өрөмүөн үлэтэ бара турара таһыттан көстөр, тротуарнай билиитэ ууруллар, сибэкки клумбата саҥардыллар. Дириэктэри солбуйааччы Сергей Бандеров этэринэн, өрөмүөн бу ыйынан бүтүөхтээх, былаан быһыытынан баран иһэр. Манна мас тардыһыыта уонна пааранан үҥкүү күрэҕэ ыытыллыахтаах, ону таһынан, хапсаҕайдьыттар уонна мас тардыһааччылар эрчиллиэхтээхтэр. Комплекс икки дьиэлээх, бастакы тутуу 2000 сыллаахха, саҥатык дьиэтэ 2012 сылга үлэҕэ киирбиттэр. Ол кэм устатыгар улахан хапытаалынай өрөмүөн бу быйыл ыытылла турар. Саҥа кафель муоста тэлгэммит, эрчиллэр, күрэхтэһэр саалалар муосталара, дьиэ үрдэ барыта саҥаттан оҥоһуллубуттар. Өрөмүөнү таһынан көрүллүбүт үпкэ саҥа улахан экран, мас тардыһыытыгар туттуллар помост, 350 миэстэлээх көрөөччү түрүбүүнэтэ, кондиционердар, о. д.а. ылыллыбыттар.

“Чолбоҥҥо”

“Чолбон” бассейн соторутааҕыта үлэҕэ киирбит курдук этэ да, номнуо 12 сыл ааһа охсубут. Оонньууларынан сибээстээн, эмиэ хапытаалынай өрөмүөн буола турар, 90 % бүппүт. Аҥаардас 27 бэдэрээтчити кытта үлэлииллэрэ элбэҕи этэр. “Үс этээс тухары өрө-мүөн ыытылынна, билигин кыра косметическай үлэлэр хааллылар. Кафель, дьиэ үрдэ, тротуар, витражтар барыта уларыйдылар,  — диир дириэктэр Петр Черкашин. — Ону таһынан ресепшн, таҥас ыйыыр сир, душевойдар эмиэ уларыйдылар. Кыһынын тымныы буолан регистрдэры, «Вулкан» диэн ититэр тэриллэри, итиэннэ хас биирдии кабинекка кондиционердары туруордубут. 32 үчүгэй хаачыстыбалаах видеокамера эбии туруорулунна, ирдэбил быһыытынан куттал суох буолуутун хааччыйарга, антитеррорга үлэ барар”.

Спортсменнар күрэхтэһиэхтээх бассейннара дьэҥкир уунан көрө сытар. Бу Уһук Илиҥҥэ суох улахан, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир бассейн буолар, манна эмиэ косметическай өрөмүөн оҥоһуллубут. Ону таһынан, күрэхтэһиигэ аналлаах аан дойду таһымыгар эппиэттиир инвентарь: араартыыр доруоскалар, старт-туумбалар, омега-хронометражтар — барыта кэлэннэр, уларыйаллара эрэ хаалан турар.

“Сулуска”

Мархаҕа барар суол хаҥас өттүгэр 2022 сыл ахсынньытыгар аһыллыбыт “Сулус” чэбдигирдэр-физкультурнай комплекс үлэлии турар. Бу саҥа спортивнай уораҕайга остуол тенниһэ уонна саҥа көрүҥ — кик-боксинг күрэхтэһиилэрэ ыытыллыахтаахтар. “Сулус” икки — улахан, кыра бассейннардаах, 120 киһи тэҥинэн хаҥкылыыр улахан катоктаах эбит. Күрэхтэһиилэргэ анаан каток мууһун эрдэ уулларан бэлэмнээбиттэр. Манна бэс ыйын 26–30 күннэригэр теннисистэр 8 остуолунан күрэхтэһиэхтээхтэр, онно аан дойду ирдэбилигэр эппиэттиир күүстээх люкс сырдатар уоттары туруоруллуохтаахтар, муостатыгар анал сабыы тэлгэниэхтээх. Теннис күрэҕин кэнниттэн кик-боксердар уочараттара кэлэр. Көрөөччүлэргэ анаан 600 миэстэлээх мобильнай түрүбүүнэ оҥоһуллуохтаах.

“Биһиги саҥа эбийиэк буоламмыт, косметическай өрөмүөн ыытылынна. Онон аныгы ирдэбил быһыытынан куттал суох буолуутугар, антитеррорга үлэлэһэбит. Анал прибордары, видеокамералары, металлодетектордары, о. д.а. сакаастаатыбыт, — диир дириэктэри солбуйааччы Александр Неустроев. — Бэс ыйын 17 күнүгэр 100 бырыһыан бэлэм буолуохтаахпыт, онуоха диэри мас, сибэкки олордуохпут, дьиэ иһин-таһын киэргэтиэхпит.

Дьэ, маннык күргүөмнээх үлэ бары спортивнай эбийиэктэргэ бара турар. Оонньууларга умсугутуулаах күрэхтэһиилэри көрөрбүтүн таһынан, эбийиэктэр хапытаалынай өрөмүөннэннилэр, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тээбириннэринэн хааччылыннылар.