Сунтаарга дьүкээбил суһумнаата

Ыам ыйын 3 күнэ үүнэр түүнүгэр, бөөлүүн, Сунтаарга дьүкээбил уота суһумнуу умайда.

Хартыска: «Сунтаар сонуннара» тг-ханаал.

Бу дьикти кэрэ көстүүнү фотограф, видеограф идэлээх Радомир Сергеев устубут.  Сунтаар сэлиэнньэтин үрдүнэн халлаан бүтүннүү күөх, араҕас уотунан суһумнуу оонньоото, дьэргэлгэннии дьиримнээтэ.

Ыам ыйыгар урут дьүкээбил көстөрө иһиллибэт этэ. Бу — магнитнай буурҕа буолбутун туоһута. Муус устар 30, ыам ыйын 1 күннэригэр Күҥҥэ улахан эстиилэр буолбуттара, ол магнитнай долгуна 2-3 күнүнэн Сиргэ кэлэр.

Хаартыска: «Сунтаар сонуннара» тг-ханаал.

Учуонайдар этэллэринэн, билигин Күн актыыбынаһа үрдээн, эстиилэр элбээбиттэр. Ыйга иккитэ-үстэ магнитнай буурҕалар түһэр буоллулар. Быйылгы сыл оннук. Ол эрээри, барыта эргийэн кэлэ турарыныы, сотору намырыыр, уҕарыйар аналлаах.

ТАР5АТ: