Суол өрөмүөнүн үлэтин кээмэйэ сүҥкэн

Саха  сиригэр 2022  сылга 500 км федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай суоллары  өрөмүөннүүллэр.

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия 24» телеханаалга атырдьах ыйын түмүгүн оҥороругар иһитиннэрдэ:

— Бу маннык үлэ кээмэйэ урут хаһан да ситиһиллэ илигэ.  Быйыл Дьокуускай куорат суолларын өрөмүөннүүгэ  2,5 млрд солкуобай көрүллүбүтэ.  34 км улууссалаах суолга электричество уотун тартылар.Балаҕан ыйын 27  күнүгэр сүрүн үлэ түмүктэниэҕэ. 2023 сылга киин куоракка  Ленин проспегын  уларыта тутуу,  Бабушкин, Можайскай, Поярков уонна кэккэ уулуссалары саҥардыахтара, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

Хартыска — СИА 

ТАР5АТ: