Суруйааччы, историк, биллиилээх романнар ааптардара, «Национальный бестселлер» бириэмийэ хаһаайына Леонид Юзефович ХИФУ устудьуоннарын кытта көрүстэ.
Леонид Абрамович өрөспүүбүлүкэҕэ «Русская дорога» роман ааптарын быһыытынан биллэр, манна кини гражданскай сэрии кэмигэр Саха сирин сырдатар.
Ол кэмнээҕи түгэннэр икки дьоруойу кытта ситимнэһэн хатыһан тахсаллар — колчаковскай генерал Анатолий Пепеляев уонна кыһыллар хамандыырдара Иван Строд.
Ону тэҥэ, суруйааччы Дьокуускайга түмэллэргэ сырытта уонна историктары кытта көрүстэ.