Суруналыыстар Намҥа субуотунньукка таҕыстылар

Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, «Сахамедиа» холдинтан, «Ил Түмэн» издательскай дьиэттэн уонна «Кэскил» оҕо издательствотыттан уопсайа 5 киһи Нам улууһун Граф Биэрэгэ нэһилиэгин техникумун тиэргэнин ыраастыы сылдьаллар.

Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Герман Марков уонна техникум дириэктэрэ Ньургустан Жирков ууга барбыт эбийиэктэрин көрдөрдүлэр.

«Техникум икки үөрэнэр куорпуһа, уопсай дьиэтэ барыта ууга барбыта, ону муостатын көтүрэн, салгылатан, сорох сиринэн өрөмүөн үлэтин саҕалаатыбыт. Бүтэһик куурус оҕолоро, повардар, эксээмэннэрин туттараллар, массыынаны оҥорор мэхээнньиктэр дипломнай быраактыкаларын бара сылдьаллар.

Халаан уута эмискэ халыйан кэлбитигэр, эвакуация Аппааныга буолбута. Чугас эргин аймахтара суох оҕолор уопсайдарыгар төннөн кэлэн, үөһэ этээскэ олороллор. Саха Сирин олохтоохторо бүттүүн кэлэн көмөлөһөллөрүттэн үөрэбит. Дьон күн аайы кэлэ турар», — диэн этэр техникум дириэктэрэ Ньургустан Жирков.

Намнар дьиэлэрин чөлүгэр түһэрэргэ төһө хоромньу тахсыбытын ааҕан, аакта оҥорбуттар, билигин сыыппараларын чуолкайдаһаллар.

Марианна Тыртыкова, Сахапарламент

ТАР5АТ: