Түмэл үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ саҕаланна — НВК Саха

Бүгүн, бэс ыйын 3 күнүгэр, #YAKUTMUSEUMFEST түмэл үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ киин куоракка саҕаланна. Бу туһунан СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бэстибээлгэ Саха сирин түмэллэрин үлэһиттэрэ кыттыыны ылаллар, ону тэҥэ Владивосток уонна Екатеринбург куораттартан ыалдьыттар. Оффлайн-эрэһиимҥэ 46 киһи баар, онлайн — 34.

«Биһиги Ярославскай аатынан түмэлбит дойду бэрэсидьиэнин гранын хаһаайына буолары ситиһэн, манна музей бастыҥ исписэлиистэрин, ол иһигэр Арсентьев аатынан Уһук Илин уонна Екатеринбург историятын музейыттан ыалдьыттары түмтэ. Бэстибээл биир сүрүн тиэмэтэ — сири-уоту сайыннарыы, чуолаан бүгүн биһиги сүрүн хайысхабыт буолар», — диэтэ СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов.

Эпидемиологическай балаһыанньанан сибээстээн, тэрээһини ыытыыга бары нуорма уонна куттала суох буолуу быраабылата тутуһуллара бэлиэтэнэр.

Бэстибээл сүрүн соруга — уопут уонна санаа атастаһыы, бастыҥ үөрүйэҕи уонна ситиһиилэри анаалыстааһын, тэрээһин бэс ыйын 4-гэр диэри буолуоҕа.