Таптал уонна дьылҕа (КЭПСЭЭН)

Мин оҕо сааспын түһээбитим. Ыраах хайа уҥуор уу урсуна уонна халлаан чээлэй күөх өҥүнэн силбэһэн күн көмүс толбонугар сууралла сүтэллэрэ. Ол киэҥ да киэҥ өрүс кытыытыгар мин убайбынаан күөгүнэн балыктыы сылдьарбыт. Эмискэ ыраах уу кырсыгар түспүт чаҕыл күн уотугар сүтэ-сүтэ күөрэйэн тыы устан сундулуйан иһэрэ көстүбүтэ, тоҕо эрэ чуо биһиги диэки салаллыбыта. Онно  эйэҕэс, ис-киирбэх эдэркээн киһи олороро. Мичээриттэн сирэйэ сырдыырга дылыта. Кытылга  анньыллаат кини уба­йым биһиккини биирдии-биирдии көтөҕөн ылан ­тыыга олорпута, итиэннэ олус чэпчэкитик ууга дьулуруйан устан барбыппыт. Тунал суһумунан сандаарар үрүҥ көмүс хатыҥнардаах үрдүк биэрэк оргууй халтарыйан ааһара. Ол кэрэтийэн, долгураҥтан  иэйэ сырдаан, убайым чаҕаарыйа күлбүт дорҕооно чуо­раан тыаһыныы чугдаарыйа көтөрө. 

ТАР5АТ: