Тапталы харыстааҥ (сүрэх кистэлэҥэ)

Мин сааспынан отуппар чугаһаан эрэбин, үрдүк үөрэхтээхпин, биир улахан тэрилтэ үлэһитэбин. Кэргэним, оҕом суох. Бииргэ төрөөбүттэр биэспит. Миигиттэн уратылар бары ыал дьон. Төрөппүттэрим мин ыал буоларбын күүтэ сатаан баран, аны мөҕөн-этэн барыах курдук буолан эрэллэр. Кырдьыгын эттэххэ, билигин тус бэйэм олохпор туох да интэриэһиргэппэт. Көргө-нарга, үҥкүүгэ сылдьыбатаҕым олох ыраатта.

ТАР5АТ: