«Тимир» киинэ Забайкальскайдааҕы киинэ бэстибээлигэр икки номинацияҕа кыайда

Саха сиригэр уһуллубут «Тимир» киинэ Забайкальскайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы 11-с киинэ бэстибээлигэр «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» номинацияҕа кыайда, итиэннэ киинэ режиссера Николай Корякин «Бастыҥ режиссер» аатын ылла диэн ТАСС суруйар.

«Киинэҕэ оҕолор уонна төрөппүттэр кыһалҕалара көстөр, онон хас биирдии көрөөччүгэ туох эрэ санаа үөскүөхтээх. Төрөөбүт Горнай улууспар, Өрт сэлиэнньэтигэр устубуппут. Олохтоохтор олуһун өйөөбүттэрэ,  таҥас-сап, реквизит арааһын уларсан көмөлөспүттэрэ, тырааныспарынан хааччыйбыттара. Итиэннэ маассабай сыаналарга оонньообуттара», — диэн режиссер кэпсиир.

Хаартыска: Николай Корякин архыыбыттан.

Николай Корякин бэстибээллэргэ үһүс төгүлүн «Бастыҥ режиссер» аатын ылла. Ол курдук, бастаан «Зимний» ааптар киинэтин бэстибээлигэр, онтон Чебоксарытааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ бастыҥынан ааттаммыта. Бу бэстибээлгэ сүрүн оруолу толорбут Альгис Данилов «Эр киһи бастыҥ оруола» номинацияҕа кыайбыта.

«Тимир» киинэ бу сыл тохсунньу 25 күнүгэр Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэммитэ. Кэмиэдьийэ уонна драма жанрдаах киинэни «Дьэгинфильм» устар бөлөх оҥорон таһаарбыта.

Киинэҕэ тулаайах хаалбыт Тимир диэн уол сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт биллибэт киһини — иччини көрсөрүн туһунан кэпсэнэр. Сүрүн оруолу Горнай улууһун Маҕарас оскуолатын үөрэнээччитэ Альгис Данилов толорор. Кинини таһынан биллэр-көстөр артыыстар Альберт Ноговицын, Роман Дорофеев, Жанна Ксенофонтова, Дмитрий Алексеев, Георгий Бессонов уо.д.а. оонньоотулар. Сценарийы режиссер Николай Корякин уонна Сандал Никаноров суруйбуттар, операторынан Андрей Егоров үлэлээбит.

ТАР5АТ: