Дьокуускайга «Туймаада Ыһыаҕа — 2021» национальнай бырааһынньык дистанционнай быһыылаах ыытыллыаҕа. Бу туһунан киин куорат мээрийэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев тустаах быһаарыыны өрөспүүбүлүкэ сүрүннүүр санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева ыһыах очно ыытыыллыытын ууратар мэктиэ суругар олоҕуран ылла.
«Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыт дьон уопсай ахсааныттан 60 %-на Дьокуускайга. Онуоха нэһилиэнньэни вакцинациялааһын тэтимэ намтыы турар. Роспотребнадзор управлениетын өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата «Туймаада Ыһыаҕын» дистанционнай быһыылаах ыытарга этии киллэрэр», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Роспотребнадзор управлениетын санитарнай кэтэбилгэ, лизензия биэриигэ уонна регистрацияҕа салаатын начальнигын солбуйааччыта Георгий Игнатьев эттэ.
Киин куорат суһал штабын мунньаҕар олохтоохтор уонна ыалдьыттар доруобуйаларыгар куттал үөскүөн сөбө болҕомтоҕо ылыллыбыта, ону тэҥэ «Үс Хатыҥҥа» элбэх киһи мустар түгэнигэр социальнай арыты тутуһар кыах суоҕа учуоттаммыта бэлиэтэнэр.
Ону таһынан Ыһыахха элбэх аҕам саастаах дьон кэлиэн сөбө этиллэр. Чугастааҕы улуустарга ыһыахтар очно ыытыллыылара ууратылыллыбытынан, элбэх киһи киин куорат ыһыаҕар кэллэҕинэ ыарыы тарҕаныыта элбиэн сөбө эмиэ болҕомтоҕо ылылынна.
Мунньах түмүгүнэн, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэни очно ыытыыны кытта сибээстээх куонкурустар процедураларын хаттаан көрөргө сорудах бэрилиннэ.