«Тыгын Дархан» саха киинэтэ Москва куоракка көһүннэ — НВК Саха

Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн, дойду киин куоратыгар «Тыгын Дархан» киинэ көһүннэ. Бу туһунан Москва куоракка баар регионнааҕы пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Киинэ «КАРО 7 Атриум» киинэ тыйаатырыгар көһүннэ. Сүрэхтэнии биир бочуоттаах ыалдьытынан Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев буолла. Киинэҕэ саха норуотун уйулҕата, сомоҕолоһуу суолтатын өйдөбүлэ чуолкайдык көстүбүтүн кини бэлиэтээтэ.

Бырайыак уратытын кинематографистар сойуустарын чилиэнэ Ирина Сошникова эмиэ бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, киинэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойдуга барытыгар суолталааҕын эттэ.

«Тыгын Дархан» — XVI-XVII-с үйэлэр кирбиилэригэр нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр историческай киинэ.

Сүрүн герой — саха норуотун төрүттээбит дьонтон биирдэстэрэ, Хаҥалас ууһун салайааччыта, араас биис уустарын, кылааннарын түмпүт, элбэх номохтор персонажтара.