Улуу “пассионарий” уустук олоҕо — Саха сирэ

Учуонай Лев Гумилев туһунан

 Олох биир дьикти таайбараҥа – талааннаах дьон оҕолоро. Үгүстэрэ, кыра эрдэхтэриттэн “туйах хатарааччы” аатын сүгэллэр, кинилэртэн элбэҕи эрэйэллэр. Ол эрэн, кэтээн көрүүлэртэн сылыктаатахха, улуу дьон оҕото хайаан даҕаны улуу буолар диир кыахпыт суох. Генетика сокуоннара билигин даҕаны ситэ таайылла иликтэр, кыһыл оҕону көтөҕөн олорон “бу киһи улуу дьылҕаланыа!” диэн мэктиэлиир сатана илик. Ол эрэн, ардыгар, улахан ааттаахтар сыдьааннара киһи үөйбэтэх өттүттэн устуоруйаҕа киирэллэр…

Лев Гумилев эдэр эрдэҕинээҕи мөссүөнэ. 1934 cыл
Икки бэйиэт оҕото

Лев Николаевич Гумилев дьикти дьылҕалаах киһи. “Туйах хатарар” туһунан салгыы санаатахха, кини ийэтин, аҕатын аатыр­дыбыт айар идэҕэ төһө да улахан кылааттааҕын иһин, кинини улуулар ортолоругар киллэрбит үлэтэ поэзияттан букатын ыраах сытар. Нуучча поэзиятын “үрүҥ көмүс үйэтин” чаҕылхай бэрэс­тэбиитэлэ, акмеизм сүүрээнин олохтооччу поэт Николай Гумилев уонна модернист поэтесса, нуучча литературатын классига Анна Ахматова оҕолоро, бастатан туран “пассионарность” теория­тын айбыт устуорук, география, устуоруйа, этнография наукаларыгар улахан кылааттаах учуонай быһыытынан биллэр.

Дьиҥэр, кырачаан кэлин дьонун идэтигэр улахан ситиһии­лэнэригэр биир сүрүн сабыдыалынан оҕо сааһыгар дьиэ кэргэн иһигэр олохтоммут эйгэ буолар. Холобур, композитор дьиэтигэр куруутун муусука тыаһыыр, оҕону кыра эрдэҕиттэн нотаҕа, үстүрүмүөҥҥэ оонньуурга үөрэтэллэр, оччоҕуна бу оҕо атын биир саастыылаахтарыттан муусука эйгэтигэр куоһурдаах буолара биллэр.

Ол эрэн, Лёва төрөппүттэрэ оннук айылаах оҕо иитии­тинэн дьарыктамматахтара биллэр. Сорох дьон этэринэн, Анна Ахматова олус эрдэ ийэ эбээһинэһин толорортон аккаас­танан, кыһыл оҕону эбээтигэр, Анна Иванова Гумилева иитиитигэр хаалларар. 1918 сыллаахха Гумилев төрөппүттэрэ арахсаллар, дьонун кытта быстах-­остох көрсүһэр, алтыһар буолар. Ийэтэ уолун алта сааһыттан уон сэттэтигэр диэри иккитэ эрэ көрсүбүтэ биллэр.

“Кылаассабай өстөөх оҕото”

Сэбиэскэй былаас олохтоноругар саҥа олох биир тосхолунан хас биирдии киһи тэҥ быраап­танара биллэриллибитэ. Ол эрэн, ыраахтааҕы кэмигэр батталга олорбут киэҥ араҥа, кырдьык, тэҥ быраабы ылбыт эбит буоллаҕына, “урукку олох эмтэркэйдэрэ” – аристократия, баайдар, таҥара үлэһиттэрэ “лишенец” статуһун сүкпүттэрэ, кэлэр-барар, үүнэр-сайдар бырааптара сарбыллыбыта. Бу маны билэн туран, Лев Гумилев олоҕун сайдыытын дьиктитин сөҕө көрөҕүн. Төрүөҕүттэн дворянин, аҕата контрреволю­ционер быһыытынан ытыллыбыт, ийэтэ 1920-с сыллартан бобуллубут бэйиэт… ол да буоллар, Лев Гумилев олоҕун бастакы сылларын боростуой сэбиэскэй үөрэнээччи быһыытынан салгыыр. Эбээтэ сэбиэс­кэй олохтон тэйиччи буола сатыыр, “урукку” дьоннуун алтыһар, оттон уол оскуолаҕа үөрэнэр. Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ ахталларынан, түҥкэтэх, уопсастыбаттан тэйиччи сылдьар, саҥата-иҥэтэ суох уол.  Алын кылаастарга үөрэнэр кэмигэр оскуола сэбиэтэ Леваҕа “кылаассабай өстөөх оҕото” буоларын быһыытынан босхо бэриллэр үөрэнэр кинигэлэри биэрбэт туһугар куоластыыр. Эбээтэ Анна Ахматова нөҥүө уол дворяннар оҕолоро буолара суруллубатах миэтирикэ оҥорторо сатыыр даҕаны, сатаммат…

Үлэ нөҥүө – наукаҕа

Оскуоланы бүтэрэн баран уол ийэтигэр Ленинградка көһөр. Үрдүк үөрэххэ “кылаассабай өстөөх” ааттаан докумуонун ылбаттар, онон бастаан хара үлэһит буолар, онтон трамвай үлэһитинэн киирэр. Ол кэнниттэн олоҕун дьыалатын маҥнайгы тиһигин булар – геолог коллекторын куурсугар киирэр. Ити кэмҥэ географическай эспэ­дииссийэлэр үгэннээн сайдыбыт кэмнэрэ – куруутун киһи тиийбэт, ол иһин кылаассабай боппуруоһу улаханнык көрбөттөр.  1931 сыл бэс ыйыгар Гумилев бастакы эспэдииссийэтигэр айанныыр, Прибайкальеҕа Хаамар Дабаан диэн хайа таһын чинчи­йэллэр. Итинтэн ыла, 1931-1967 сылларга Гумилев 21 эспэдииссийэ сезонугар кыттыыны ылар. Бастаан геология, онтон археология  уонна этнография боппуруос­тарын үөрэтэр.

1934 сыл сайыныгар Ленинград университетын историческай факультетыгар киирэр. Учууталларынан аан дойдуга биллэр ааттаах учуонайдар – египтолог В.В. Струве, антиковед С. Я.Лурье, китаевед Н.В. Кюнер буолаллар.

Ити курдук, 30-с сыллартан саҕалаан Лев Гумилев учуонай үлэтин саҕалыыр. 1948 сыл­лаахха диссертациятын көмүскүүр. Кини научнай ары­йыылара күн бүгүҥҥэ диэри мөккүөрдэри таһаараллар. Ол эрэн, аан дойдуга балаһыанньа сытыырхайдар эрэ, кини “пас­сионарность” туһунан теорията тута күөрэйэн, сытыы ырытыылары үөскэтэр.

“Дьиҥнээх контра”

1933 сыллаахха бастакытын НКВД уорганнарыгар тутуллар. Ити сырыыга тоҕус күн хаайыыга сытан баран, доппуруостаммакка даҕаны босхолонор. Гумилев хаайыыга түбэ­һиилэрин туһунан кэпсиир буол­лахха, “хара балыырга түбэс­пит” диэн сыаналыыр, арааһа, сыыһа буолуо. Лев Николаевич эдэр эрдэҕиттэн Сэбиэскэй былааска өстөөх буолбатах буоллаҕына да, олус сэрэҕэ суох тыллаах-өстөөх, уорбаланар туттуулаах-хаптыы­лаах этэ. Пионерга, хомсомуолга киирбэтэх, дворянскай хааннааҕын кистээбэт, тус кэпсэ­тиигэ аһаҕастык былаа­һы кириитикэлиир. Биир куурус­ка үөрэммит киһи донуоһугар “Гумилев, туох да саарбаҕа суох, антисоветскай киһи” диэн суруйбут. “Кэпсэтиититтэн сылык­таатахха,  дьиҥнээх контра буолара көстөрө” диэн санааны си­­лиэстийэ кэмигэр атын үөлээннээҕэ этэр. Ол кэм тыйыс сокуон­нарынан, оннооҕор кыра буруй иһин дьон дьылҕата быстара.

1935 сыллаахха эспэдиис­сийэттэн кэлээт эмиэ хаа­йыллар. Бу түбэһиитин Сергей Кировы өлөрүү кэнниттэн Ленинград ин­­тэлигиэнсийэтин утары ыытыллыбыт террор долгунун чэрчитинэн хаайыллыы буолуон сөп диэн сыаналыыллар. Ийэтэ Анна Ахматова Сталиҥҥа суруйбут көрдөһүүтэ быыһыыр, архыыптартан көстүбүт туоһу сурукка “т. Ягода. Пунины уонна Гумилеву босхолуурга уонна толоруу туһунан биллэрэргэ.
И. Сталин” диэн суруллубут.
Н. Пунин – ити кэмҥэ Ахматова кэргэнэ.

1938-43 сылларга, 1949-1956 сылларга Гумилев дьиҥнээхтик сууттанан хаайыы киһитэ буолар. Ити быыһыгар, 1944 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии­гэ ыҥырыллан хорсун буойун быһыытынан бэйэтин көрдөрөр.

Улуу учуонай олоҕун түмүктүүр сылларыгар
“Мин өбүгэлэрим түүрдэр”

Уларыта тутуу кэмин үгэнигэр Саха сирин суруйааччыта Август Муран Лев Гумилеву кытта кэпсэппит интервьюта сүүһүнэн хаһыаттарга бэчээттэммитэ, күн бүгүҥҥэ диэри үтүмэн элбэх саайтарга тарҕанар. Онно 77 саастаах учуонай бэрт элбэх соһутар чахчылары саҥарбыта. Ол кэминээҕи наука чахчыларын утарар этиилэрэ билиҥҥи арыйыыларынан бигэргэммитэ. Холобур, оччолорго Окладников  академик “саха омуга XVII үйэҕэ үөскээбитэ” диэн этиитэ сүрүн теориянан ааҕыллара. Гумилев саханы омук оҥорбут этногенез XI үйэҕэ түмүктэммитэ диэн этии­тэ, билиҥҥи “Кулун-Атах култууратын” аныгы кэминээҕи хаһыыларын түмүктэрин кытта ордук дьүөрэлэһэр. Лев Николаевич интервьюга “Туруханскай сыылкатыгар сылдьан Гавриил Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар” кинигэтин аахпытым, кини ренессанскай тииптээх улуу учуо­най этэ” диэн этэр. “Мин бэйэм түүр өбүгэлэрдээхпин” дииригэр, сэрэйдэххэ, ийэтэ Анна Ахматова өбүгэлэрин ахтар буолуохтаах.

Гумилев олоҕун туһунан ыстатыйаҕа кини научнай үлэтин сиһилии ырытар кыах, хомо­йуох иһин, суох. Түмүккэ, бу диэки кэлэ да сылдьыбатах улуу учуо­най саха омугар олус истиҥ сыһыанын туоһулуур этиитин киллэриэҕиҥ. “Олоҕум бэрт ыарахан кэмнэригэр сахалар эрэ мин арыйыыларбынан, кинигэлэрбинэн интэриэһиргиир этилэр, онон эһигини олус махтана саныыбын. Саха устудьуоннарыттан эксээмэн тутарбар биир эрэ ыйытыы биэрэр этим “Эн олоҥхону билэҕин дуо?” диэн”.

ТАР5АТ: