Уу суолунан быйыл 1262 тыһыынча туонна таһаҕаһы таһыахтара

СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Лепчиков иһитиннэрбитинэн, быйыл кыра өрүстэргэ уустук навигация ааһара күүтүллэр. Баара-суоҕа 15 эрэ күн буолуо диэн былаанныыллар.

Быйыл уу суолунан өрөспүүбүлүкэҕэ 1262 тыһыынча туонна таһаҕас таһыллыаҕа. Итинтэн 70 тыһыынчата Хотугу муустаах муора суолунан айанныаҕа. Арктика, хотугу улуустарыгар барыта 351,7 тыһыынча туонна таһаҕас былааннанан турар. Билиҥҥи туругунан, суудуналар 35 бырыһыан бэлэмнэр.

СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков Муора уонна өрүс тырааныспардарын федеральнай агентствотын экспертнэй сэбиэтигэр иһитиннэрбитинэн, быйыл уу суолунан таһаҕаһы таһыы уустуктук ааһара күүтүллэр. Ордук кыра өрүстэр кутталы үөскэтэллэр.

– Бүлүү өрүскэ быйыл уу суолунан таһаҕаһы таһыы 15 эрэ күн буолуоҕа диэн сабаҕалыыбыт. Урукку сылларга бу өрүскэ навигация кэмэ 38 күҥҥэ диэри салҕанан барара. Быйыл хаар чараас буолан үгүс улууска уу кэлиитэ аҕыйах буолара күүтүллэр. Бүлүү ууну хаһаанар сириттэн быйыл уу ыытыллыбат. Онон таһаҕаһы таһыыга уустуктар үөскүөх курдуктар. Ордук таас чоҕу уонна гаас конденсатын таһыыга. Бүлүү өрүс сүнньүгэр олорор улуустарга быйыл 77,3 тыһыынча туонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээх. Ону таһынан Арктика, хотугу улуустарга барыахтаах 13,2 тыһыынча туонна гаас конденсата Сангаардааҕы ньиэп базатыттан Кыһыл Сыырга диэри тиийиэхтээх. Итини барытын учуоттаан туран, Дьабарыкы Хайатааҕы уонна Сангаардааҕы таас чохтоох сиргэ төһө чох мунньуллубутун, суудуналар онно тиийэр уонна тиэнэр кэмнэрин чуолкай ааҕыахпытын наада, онуоха туох баар техническэй, материальнай ресурсалары таһаарыахпыт, – диэн иһитиннэрдэ кини.

Манна даҕатан эттэххэ, кыһыҥҥы суолунан Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба Сангаартан биэс тыһыынча туонна таас чоҕу таспыта.

Аграфена КУЗЬМИНА

ТАР5АТ: