Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгин олохтооҕо Василий Попов-Бааха Уус оҥоһуктара «Клинок — традиции и современность» 42-с аан дойдутааҕы быыстапкаҕа бастакы миэстэни ыллылар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Василий Попов оскуола саҕаттан маһынан уонна тимиринэн уһанан саҕалаабыт. Чурапчыга тимир ууһун идэтин баһылаан баран, Дьокуускайга ювелирнай хампаанньаҕа үлэлээбит. Тимири, тааһы уонна руданы кытта үлэлииргэ норуот маастара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Борис Неустроев — Мандар Ууска үөрэммитэ бэлиэтэнэр.
Дэгиттэр талааннаах маастар быһаҕы, батыйаны, кыптыйы, дьиэ тээбириннэрин, сылгы киэргэллэрин оҥорор.
«Клинок — традиции и современность» 42-с аан дойдутааҕы быыстапка Россия култуураҕа министиэристибэтин музейдар департаменнарын өйөбүлүнэн муус устар 1-4 күннэригэр Москваҕа ыытыллыбат. Манна маастардар оҥоһуктара араас тургутууларга кытталлар, сценаҕа уонна каскадердар туруорууларыгар туһаныллаллар уонна атыыга таһаарыллаллар.