Быйыл сааскы халаан Өлүөхүмэ улууһун хас даҕаны дэриэбинэтин ылбыта. Олортон биирдэстэринэн II Нөөрүктээйи нэһилиэгэ буолар. Халаан кэнниттэн билигин чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар.
Уу ылбыт сирин чөлүгэр түһэрии диэн эттэххэ дөбөҥ. Уу түспүтүн кэннэ куурдуу, оһох сууллубут буоллаҕына саҥаттан тутуу, муус тоҕу солоон барбыт күрүөтүн абырахтааһын, ирдэнэр буоллаҕына саҥаттан тутуу, тэлгэһэни, дэриэбинэни биир гына кэлэн ыһыллыбыт маһы, бөҕү хомуйуу, малы-салы, миэбэли куурдуу, саҥардыы, сууйуу-тарааһын уо.д.а. үлэтэ элбэх. Итилэри сэргэ дезинфекциялааһын эмиэ киирэр эбит. Ол туһунан элбэх киһи билбэт буолуохтаах.
Өлүөхүмэ улууһун II Нөөрүктээйи нэһилиэгин баһылыга Михаил Терентьев: “Роспотребнадзор ирдэбилинэн бэҕэһээҥҥиттэн, ыам ыйын 27 күнүттэн ууга барбыт тэлгэһэлэри дезинфекциялаан саҕалаатыбыт. Барыта 18 учаастагы хлордаах уу суурадаһынынан ыстарыахтаахпыт. Бу үлэни олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ бэйэбит оҥоробут” – диэн кылгастык кэпсиир.
Кырдьык, өрөттөн ууну кытта туох кэлбитэ, киирэн хаалбыта биллибэт. Онон ыарыыны эрдэттэн сэрэтии быһыытынан сөптөөх дьаһал ыытыллар эбит.