Vinocuroff & Nykkyonai & J-Rap — Бүппэт таптал

Таптал баар эйиэхэ аныыбын
Истин тулурдаах суруктарбын
Сүрэхпэр өрүүтүн баар буолуон
Саҥардыы тыллыбыт сибэккилии
Махтанабын дьылҕабар
Аналбын булбуппар
Махтанабын олохпор
Куруук аттыбар эн бааргар
Эйигинин мин билэбин
Таптал ыраас иэйиитин
Эйиэхэ эрэ аныыбын
Олохпун..

Олоҕум эйигинтэн эрэ тутулуктаах
Киинэҕэ курдук буоллун
Ол эрэн өлбөт түмүктээх
Көрдөһөбүн бу бүппэт таптал
Харахтаргар симэлийбэтин хаһаан да
Умнуллубатын сүрэхпиттэн бу түгэн

Эйигин таптаарыбын бу дойдуга кэлбиппин
Дьылҕабар махтанабын эйигин көрсүбүппэр
Уоу.. илиигин аҕалыый
Уоу.. сүргэбин көтөҕүүй
Талбыппын мин эйигин сүрэҕим этэринэн
Тапталбын этээрибин илиибин уунабын
Таайбыппын эн эрэ аттыгар буоларбын

Олоҕум эйигинтэн эрэ тутулуктаах
Киинэҕэ курдук буоллун
Ол эрэн өлбөт түмүктээх
Көрдөһөбүн бу бүппэт таптал
Харахтаргар симэлийбэтин хаһаан да
Умнуллубатын сүрэхпиттэн бу түгэн

Олоҕум эйигинтэн эрэ тутулуктаах
Киинэҕэ курдук буоллун
Ол эрэн өлбөт түмүктээх
Көрдөһөбүн бу бүппэт таптал
Харахтаргар симэлийбэтин хаһаан да
Умнуллубатын сүрэхпиттэн бу түгэн

Олоҕум эйигинтэн эрэ тутулуктаах
Киинэҕэ курдук буоллун
Ол эрэн өлбөт түмүктээх
Көрдөһөбүн бу бүппэт таптал

ТАР5АТ: