Владимир Путин: “Эрэгийиэннэр дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөрө өссө эбиллиэҕэ диэн эрэнэбин”  

Дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ эрэгийиэннэр бэйэлэрин көмөлөрүн өссө хаҥатан биэриэхтэрин туһунан Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыам ыйын 30 күнүгэр Дьоруой ийэлэри уонна “Төрөппүт албан аата” уордьан наҕараадалаахтарын кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.

Владимир Путин этэринэн, дьиэ кэргэни, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ судаарыстыбаттан араас өрүттээх көмө бара турар. Ону ааһан бу көмөлөр сылтан сыл саҥардыллан иһэллэр.

Дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһүү систиэмэтин куруутун саҥарда, хаҥата турабыт. Ол чэрчитинэн быйыл элбэх оҕолоох ыаллар бүтүн Арассыыйатааҕы ыстаатыстара диэн киирдэ. Бу боппуруос эмиэ бу курдук элбэх оҕолоох ыаллары кытары көрсүһүү кэмигэр көтөҕүллүбүтэ, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Бэрэсидьиэн федеральнай көмөлөртөн сиэттэрэн эрэгийиэннэр дьиэ кэргэҥҥэ бэйэлэрин көмөлөрүн өссө хаҥатыахтарыгар эрэнэрин эттэ.

Эрэгийиэннэр, олохтоох салалта бу ылыллыбыт федеральнай миэрэлэри өссө ситэрэн-хоторон, бэйэлэрин бырагыраамаларын, быһаарыныыларын ылыныахтара диэн эрэнэбин, — диэн иһитиннэрдэ.