СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, «Якутия» авиахампаанньа Дьокуускайтан Новосибирскайга, Владивостокка, Иркутскайга, Екатеринбурга көтүүгэ чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарбыт.
— Дьокуускай — Новосибирскай хайысханан бэнидиэнньиккэ уонна бээтинсэҕэ көтөр рейстэргэ билиэт сыаната 15000 солк. саҕаланар буоллаҕына, субсидиялаах билиэт 5500 солк.
— Дьокуускай – Владивосток хайысханан бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна субуотаҕа көтөр рейстэргэ 13600-15600 тыһ солк. буоллаҕына, субсидиялаах билиэт 6400 солк.
— Дьокуускай – Иркутскай хайысханан бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна субуотаҕа көтөр рейстэргэ 12500-14500 солк. буоллаҕына, субсидиялаах билиэт сыаната баара-суоҕа 2500 солк.
— Дьокуускай – Екатеринбург хайысханан баскыһыанньаҕа көтөр рейс сыаната 11500-13500 солк. буоллаҕына, чэпчэтиилээх билиэт сыаната 6000 солк.
Александр Тарасов.