Ыам ыйын 13 күнэ: инчэҕэй хаар, ардах уонна тыал

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ аллараа тардыытынан уонна киин улуустарга сөҥүүтэ суох күн туруоҕа. Онтон атын улуустарга инчэҕэй хаар, ардах түһэрэ күүтүллэр диэн ЯУГМС иһитиннэрэр.

Соҕуруу, арҕаа сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, Ленскэйгэ сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Күнүс салгын температурата +7+12°С, хотугулуу-арҕаа, хоту уонна хотугулуу-илин улуустарга +2+7°С буолара күүтүллэр.

ТАР5АТ: