Ыам ыйын 17 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар кыралаан ардыаҕа, хоту улуустарга, Өлүөнэ аллараа тардыытынан күүстээх ардах түһэрэ уонна хотугулуу-арҕаа улуустарга инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр диэн ЯУГМС иһитиннэрэр.

Сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, арҕаа, соҕуруу улуустарга сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Салгын температурата күнүс +8+13°С, арҕаа улуустарга +3+8°С, хоту улуустарга -3,+2°С. 

Арктика улуустарыгар кыралаан хаардыаҕа, сөкүүндэҕэ  15-20 миэтэрэ тыаллаах.

ТАР5АТ: