РФ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин сөмөлүөтэ сылааһынан үрэр буускалары (тепловые пушки) илдьэ ыам ыйын 24 күнүгэр Дьокуускайга кэлиэҕэ. Бу туһунан СӨ гражданскай оборуонаҕа, нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолууну хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Бу сөмөлүөт ЫБММ миниистирэ Александр Куренков Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын түмүгэр, кини сорудаҕынан кэлэр. Сөмөлүөт 200 сылааһынан үрдэрэр буускалары илдьэ кэлиэҕэ.
Буускалары халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга сайаапканан ыытыахтара. Дьиэлэри, атын да эбийиэктэри куурдарга туһаныахтара.
Лепчиков этэринэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи резервэттэн 14 туоннаттан тахса таһаҕас тиэрдиллибит: сылааһынан үрэр буускалары, генератордары, кууллары, ньиэп бородуукталарын, эми-тому, о.д.а. тиэрдибиттэр.
Ууттан босхоломмут сэлиэнньэлэргэ ыраастааһыҥҥа, куурдууга күүстээх субуотунньуктар ыытыллаллар. Дезинфекциялыыр эминэн хааччыллыбыттара.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.