Ыраах айан суоппардара Майаҕа күрэхтэстилэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа ыраах айан суоппардара түмүстүлэр. 

Мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тылларын СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин уонна ыраах айан суоппардарын сойуустарын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Николай Мочкин тиэртилэр.

Тэрээһиҥҥэ Томпо, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Амма, Бүлүү, Нам, Дьааҥы, Булуҥ улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Түһүлгэҕэ хамаанданан уонна биирдиилээн бэйэ икки ардыларыгар күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Мас тардыһыыга, хапсаҕайга күрэхтэһиини таһынан, суоппардар УАЗ массыынаны соһорго, балтаны ыраах быраҕарга күүстэрин-кыахтарын холостулар. Хамаанданан ханаат тардыыта, эстэпиэтэ олус сэргэх буолла.

Күрэхтэһии түмүгүнэн бастакы миэстэни дойдулаах дьон — мэҥэ хаҥаластар ыллылар. Иккискэ Чурапчы хамаандата тигистэ, үсүһү Үөһээ Дьааҥы хамаандата ылла.

Чурапчы хамаандата көһө сылдьар кубогы илдьэ барда, ол аата аныгыскы көрсүһүү хаһаайыттарынан кинилэр буолаллар.

 

ТАР5АТ: