Ньурба тыйаатырын уус-уран салайааччыта-дириэктэрэ Юрий Макаров көҕүлээһининэн, кини санаатынан төрүттэммит өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сата” театральнай бэстибээл Дьокуускайга буолбут сылыгар этэ дуу, ыҥырыллан кэлбит Москва кириитиктэриттэн биирдэстэрэ, Ньурба тыйаатырын испэктээгин көрөн, артыыстар талааннарын сөҕөн-махтайан баран, Ньурбаҕа тиийиэн олус баҕарбыт, дэһэллэр… Онуоха ким эрэ: “Эс, онно биһиэхэ тыйаатыр да диэн, дьиҥэр, суох – көннөрү сарай турар!”, — да диэбитигэр тохтооботох – “Бардыбыт, бардыбыт – аатырбыт Сарайы көрө!” — диэбит диэн хайыы үйэ театральнай номох буолан кэпсэнэр… Итинтэн ыла хас сыл ааспыта буолуой?! Биллибэт. Арай, 2002 сыллаахха, биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн, IV “Сата” бэстибээл Ньурба куоракка тыйаатыр саҥа дьиэтин бастакы атаҕын түһэрииттэн саҕаламмытын өйдүүбүт. Ол кэннэ эмиэ хас сыл ааста?..