Flow — Эн харахтаргар

Эн үөрэргэр көрбүтүм мин суолтаны
Хатаабытым сүрэхпэр ыыппаппын хаһан даҕаны
Аны атыннык эн сатыыгын, уматаҕын имэн уотун
Хас биир таптыыр сүрэх бу сиргэ дьоллоох буоллун

Эо барыахха былыттар устунан
Эо иккиэн сиэттиһэн, кустуһан
Мин көрдөрүөм эйиэхэ тайнай миэстэбин
Төһө да кыыһыр миэхэ мин синбиир эйиэнэбин

Куһаҕан триптары туораан ардыгар сыыһар түгэммэр
Ыҥыраллар эн уоттарын мунан ылар кэмнэрбэр
Диринник мин бэйэбэр эн сылааскын иҥэрэн
Иннин хоту баран иһэбин сарсынныбар эрэнэн

Таптыыбын һыллы, күүскэ күүскэ һыллы
Эн миигин ыҥыр, сүрэҕин аанын арый
Хайдах баарбынан мин баарбын аттыгар
Истинник саныыр
Киһим харахтарыгар.

Чункуйуубун илдьэ барбыттар, илдьэ барбыттар
Ыырааппыттар, устан ааспыт былыттар
Ардах кэннэ кустук тахсар
Барыта кэрэ миэхэ эн эрэ аттыгар.

Барбыттар, илдьэ барбыттар
Ыырааппыттар, устан ааспыт былыттар
Ардах кэннэ кустук тахсар
Барыта кэрэ миэхэ эн эрэ аттыгар.

ТАР5АТ: