«Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа — ытык бэтэрээн дьиэ кэргэнигэр

Улуу Кыайыы күнүн көрсө «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа Дьокуускай куорат уокуругун Марха  түөлбэтиттэн саҕаланна.

98 саастаах Аҕа дойду Улуу  сэриитин бэтэрээнэ Роман Тихонович Николаев дьиэ кэргэнигэр  улахан дэлэгээссийэ тиийэн, бырааһынньык үөрүүлээх түгэнин бэлэхтээтэ.  Роман Тихонович кэргэнинээн  Евдокия Прокопьевналыын 65 сыл бииргэ олорбуттара.  Николаевтар түөрт оҕолоруттан элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр. 2010 сыллаахха «Золотые семьи Якутии» бочуоттаах кинигэҕэ киирбиттэрэ.

Улахан дьиэ кэргэн мустубут тиэргэнигэр СӨ Ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Петр Шамаев, Марха дьаһалтатын салайааччыта  Николай Ксенофонтов, Мария Петровна Обутова-Эверстова аатынан Култуура киинин айар кэлэктиибэ, «Кыайыы волонтердара» хамсааһын волонтердара кыттыыны ыллылар.  «Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр эһиги кыайыыны уһансан, күн бүгүҥҥэ диэри эйэлээх халлааҥҥа олоробут», — диэн бэлиэтээтэ Петр Шамаев бэйэтин эҕэрдэтигэр уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.

Мария Петровна Обутова-Эверстова аатынан Култуура киинин айар кэлэктиибэ толорбут  «Алёша», «Катюша», «Харыстааҥ бэтэрээннэри» диэн ырыаларын тиэргэн дьоно бары тэҥҥэ ылластылар. Ытык бэтэрээннэри Тулагы оскуолатын оҕолоро эҕэрдэлээтилэр.

Роман Тихонович хос сиэнэ Прокопий Николаев биллиилээх ырыаһыт Олег Газманов «Вперед, Россия!» ырыатын бары олус истиҥник ылыннылар. «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа салҕанар.

ТАР5АТ: