Ыам ыйа – Иэйиэхсит ыйа

Айылҕа уһуктар, от-мас көҕөрөн, киэркэйэн барар. Иэйиэхсит — тыыннаах айылҕа таҥарата. Кини эйэҕэс, амарах, куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр. Сиргэ Иэйиэхсит түстэҕинэ, уйгу-быйаҥ үөскүүр.

Ыам ыйын битэ-билгэтэ

Ыам ыйа — сэтинньини батыһар.

6 — Дьөгүөрэйэп  күнэ. Эрдэлээбит кус кэлэр. Бу күн тымныйдаҕына, хатааһыннаах буолар.

7 — туруйа кэлэр.

8 — ырыаһыт чыычаахтар кэлэр кэмнэрэ.

13 — бу күн ичигэс, ыраас түүн буоллаҕына,  ардаҕа суох сайыҥҥа.

14 — Дьэрэмиэйэп күнэ. Ыһыы саҕаланар. Үчүгэй күн буоллаҕына — сир аһа өлгөмнүк үүнэр. Хаҕыс күн — кыһына тымныыга.

15 — уу оҕуһа мөҥүрүүр, чөкчөҥө кэлэр.

19 — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.

22 — Сааскы Ньукуолун. Кыһыҥҥы хонук бүтэн, сайыҥҥы кэм үүнэр.  Мутукча көҕөрөр, кэҕэ этэр, күөрэгэй ыллыыр, өтөн көтөр. Хаас үөһээнэн аастаҕына, уулаах саас.

25 — Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр.

28 — бу күн сылаас буоллаҕына, сылаас сайыҥҥа.

Ардахтаах сайын буоларыгар

 Дулҕа сиэлэ эрдэ хараарар.

Кыһын буурҕалаах буолар.

Кыһын кырыа элбэх буолар.

Тойон ыҥырыа саас аҕыйах буолар.

Хатыҥ уута элбэх буолар.

Сайын тымныйарыгар

Киэһээҥҥи ыамҥа ынах синньэ сөрүүн буолар.

Куурусса төбөтүн кынатын анныгар уктан утуйар.

Туман киэһээ эрдэ күөл үрдүгэр тэлгэнэр.

Тымныы, кылгас сайын буоларыгар

Тураахтар халдьаайы сиргэ, күн уота элбэхтик көрөр өттүгэр, уйаларын оҥостоллор.

Хатыҥ хойутуу тыллар.

Кураан буоларыгар ооҕуй ситимэ элбэхтик көтөр.

Ичигэс сайын буоларыгар, көтөр уйатын саас тиит күлүгэр туттар.

Саха ыалын халандаарыттан

Хаартыска: интэриниэттэн

ТАР5АТ: