Бүгүн, ыам ыйын 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ РФ гражданскай оборонаҕа, ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Александр Куренков кэллэ.
ЫБММ миниистирэ халаантан эмсэҕэлээбит эрэгийиэннэргэ үлэтин салҕыыр. Бу иннинэ кини Омскай, Оренбургскай, Курганскай, Тюменскай уобаластарга үлэлээбитэ.
Саха сиригэр Александр Куренков Ил Дархан Айсен Николаевтыын Нам улууһугар сылдьыахтара.