Нэһилиэнньэҕэ анаан социальнай өйөбүлү оҥоруу сыллата үрдээн, дириҥээн, тупсан иһэр. Ол курдук өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай көмүскэл эйгэтигэр бу хайысханы тупсарыыга анал бырагыраамалар үлэлииллэр. Сокуоннар уларыйаллар эрээри үлэ ис хоһооно биир — дьоҥҥо көмө, өйөбүл диэн. Биэриигэ социальнай өйөбүл, субсидия, компенсация туһунан кэпсэттибит.