Дьокуускайга ыам ыйын 27 уонна 28 күннэригэр «Осуохай – этнокультурное достояние народа саха» I өрөспүүбүлүкэтээҕи форум ыытылынна.
Кыттыылаахтар төрүт саха эргиир үҥкүүтүн боппуруостарын дьүүллэстилэр. Икки күннээҕи форум түмүгүнэн уураах ыллылар.
Тэрээһиҥҥэ оройуоттартан делегаттар кытыннылар. Кинилэр саҥа бырайыактары уонна былааннары оҥорору ырыттылар, бу маны уопсастыбаннай тэриллиилэр, үөрэх, култуура тэрилтэлэрэ олоххо киллэриэхтэрэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтииринэн, Оһуохай күнэ сүрүн дьоһуннаах. Оһуохай күнэ Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан төрүттэннэ. Бырааһынньык сыллата ыам ыйын 25 күнүгэр бэлиэтэниэҕэ.
«Биһиги аан маҥнай Оһуохай күнүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэлиэтээтибит. Улахан болҕомтобутун бастатан туран үөрэх кыһаларыгар уурдубут. Хас бирдии оскуолаҕа тиһэх чурааҥҥа оһуохай үҥкүүтүнэн үөрэх дьылын түмүктээтилэр», — диэн Сергей Местников эттэ.
Кини «Оһуохай» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар уопсастыбаҕа 600 тыһ солк суумалаах сэртипикээти туттарда. Бу уопсастыба айар эбийиэктэрин олоххо киллэрэригэр уонна тиэхиньикэ ылынарыгар анаан бэрилиннэ. Форум кыттыылаахтарын махтал суруктарынан наҕараадалаатылар.
Форумҥа бэлиэтэммитин курдук, оһуохай фольклор сүрүн көрүҥэ буолар.
«Икки күннээҕи форум түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ оһуохай үҥкүүтүн сайдыытын уурааҕа буолар. Бу үҥкүү көрүҥэ төрүтэммитэ тыһыынчаттан тахса сыл буолар, ол эрээри ыам ыйын 25 мая оһуохай иккистээн төрүттэннэ. Онон бу күнтэн ыла сайдан саҕалыа диэн эрэнэбин. Хас биирдии нэһилиэккэ оһуохайы этээччи баар буолуохтаах диэн көрөбүт. Бу үс сыл иһигэр маны ситистэхпитинэ улахан кыайыы буолуо этэ. 2030 сылга биһиги төрүт эргиир үҥкүүбүт өрөспүүбүлүкэ таһынан биллиэҕэ диэн толкуйдуубун», — диэтэ «Оһуохай» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Александр Данилов.
Хаартыска: ЯСИА