СӨ Национальнай библиотеката Саха сирин олохтоохторугар олохтоммут уустук эпидемиологическэй усулуобуйа кэмигэр дьиэттэн онлайн ааҕарга сөптөөх кинигэлэр испииһэктэрин бэлэмнээтэ. Бу туһунан СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Библиотека сайтыгар улахан дьоҥҥо сахалыы классическай литератуураны эрэ буолбакка, оҕолорго аналлаах кинигэлэри эмиэ бэлэмнээбитэ этиллэр.