Саха суруйааччыта Арсеньев аатынан бириэмийэни ылла — НВК Саха

Саха сирин суруйааччыта Анатолий Слепцов Бүтүн Россиятааҕы В.К. Арсеньев аатынан «Уһук илин» литературнай бириэмийэ лауреатынан буолла.

Кини «Быков мыс» кэпсээнэ кылгас проза жанрыгар бастыҥынан ааттанна.

«Уһун проза» хайысхаҕа эмиэ Саха сириттэн төрүттээх суруйааччы Андрей Геласимов романа кыайда.
Бириэмийэ иһин уопсайа 17 регионтан 193 айымньы күрэхтэстэ. Үс хайысханан («Длинная проза», «Короткая проза», «Проза для детей») уопсайа тоҕус айымньы наҕараадаланна. Кыайыылаахтар 500 тыһ. солк. бириэмийэни туттулар.

ТАР5АТ: