Атырдьах ыйын тоҕус күнүгэр Аан дойдуга төрүт омуктар күннэрэ бэлиэтэнэн ааспыта. Бу күн 1992 сыллааха холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэригэр, төрүт омуктар боппуруостарыгар оробуочай бөлөх бастакы мунньаҕа буолбута. Аан дойду төрүт омуктарын култуураларыгар, тылларыгар-өстөрүгэр, үгэстэригэр, төрүт дьарыктарыгар, бырааптарыгар, социальнай-экономическэй сайдыыларыгар уонна да атын хайысхаҕа сыһыаннаах үлэ-хамнас күүскэ тэриллибитэ, болҕомто ууруллубута.
2010 сыл бүтүн Россиятааҕы биэрэпис түмүгүнэн хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар ахсааннара: эбэҥкилэр — 38 396, эбээннэр — 21 830, дьүкээгирдэр — 1 603, чукчалар — 15 908, долганнар — 7 885.
2010 сыллаах көрдөрүүнү 1970 сыллаах биэрэпиһи кытта тэҥнээтэххэ 2,44 төгүл эбиллэн 16 300 киһиттэн 39 900 буолбуттар. 2017 сылга төрүт омуктар быыраптарын декларацията ылыллыбыта.
«Олох үөһүгэр» биэриигэ Саха сиригэр аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар кыһалҕаларын туһунан кэпсэттибит.