Быйыл Уус Алдан Бороҕонугар Үһүс саас оскуолата тэриллибитэ үбүлүөйдээх уон сылын бэлиэтиир. Бу бэлиэ түгэнинэн улуус киинигэр уран тарбахтаахтар быыстапкаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Хас биирдии маастар үлэтэ дьону кэрэхсэтэр ураты көстүүлээх. Талба талааннаахтар үлэлэрэ кулун тутар 14 күнүгэр дылы туруоҕа.