Нам улууһугар ойбон алларыыга күрэхтэстилэр
«Муус анньыыта» күрэххэ Нам улууһун араас нэһилиэктэриттэн барыта 30 киһи кытынна.
Оскуола оҕолоро, эр дьон, бэтэрээннэр, нэһилиэк баһылыктара уонна муҥуутуур кыайыылаах диэн түһүмэхтэринэн арахсан мууһу ыраастаан, уу таһааран, ойбону алларыыга илин-кэлин түһүстүлэр.
Элбэх күүһү-уоҕу, сыраны-сылбаны эрэйэр күрэс муҥуутуур кыайыылааҕынан I Хомустаах олохтооҕо Андрей Виновкуров буолла.