
«Саха сирэ» информационнай биэрии сэтинньи 12 күнүнээҕи таһаарыытыгар көрүҥ:
- Коронавируһу бопсууга улуустар хайдах дьаһанан олороллоруй? Горнай улууһун холобура бүгүҥҥү биэриигэ.
- Уус Алдан дьоҕус Балаҕаннаах улууһун 19 ыалын киин ититии систиэмэтигэр холбоон саҕалаатылар.
- Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйигин ыччата Иван Павлов социальнай хантыраак көмөтүнэн хаартыска бэчээттиир уонна дьиэҕэ-уокка туттар тэриллэри оҥорор өҥөнү арыйда.
- «Якутия» авиа хампаанньа 737 700 диэн үһүс боинг сөмөлүөтүн тутта.
- Амма улууһун Болугур нэһилиэгин олохтооҕо, отоһут, эмчит Мария Петрова хамсык дьаҥа элбээн турар кэмигэр эмтээх утах бэлэмнээбит.
Поделиться: