«Экология» национальнай бырайыак Саха сиригэр (28.08.23) — НВК Саха

Киһи уонна айылҕа арахсыспат биир тыыннаахтар. Бу бэргэн этиигэ олоҕуран, киһи айылҕалыын ситимэ олус күүстээх уонна дириҥ суолталаах. Ону биһиги харыстыахтаахпыт, таптыахтаахпыт. Киһи Орто дойдуга олорорун тухары айылҕаны кытта алтыһар. Ол эрээри тэҥинэн киртитэр, буортулуур. Маны тохтотор, туоратар сыаллаах Аан дойду үрдүнэн экология туһугар, араас хабааннаах бырагыраамалар үлэлииллэр. Олортон биирдэстэрэ «Экология» федеральнай национальнай бырайыак буолар. Саха сиригэр ханнык хайысхаларынан, кимнээх үлэлииллэрин биһиги бу биэриигэ сырдатабыт.

ТАР5АТ: