Физкультурнай хамсааһын быйыл төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах дьаһаллар өрөспүүбүлүкэ успуорт министиэристибэтинэн, улуустарга, оройуоннарга да тиһигин быспакка ыытыллаллар, күрэхтэһиилэр, тэрээһиннэр буолаллар.
Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сыла — диэн этиигэ биэриини туһаайан ыыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай хамсааһын 100 сылын көрсө былааннаммыт үлэ төһөтө туолла? Итиннэ уонна атын ыйытыыларга сыһыаннаах этиилэри, элбэх санааны иһиттибит, кэпсэттибит.