АРЧЫ — Уларыйабын

Сүрэҕим тэбэрин тухары
Бу мин тус олоҕум
Санаабын онно уураммын
Ону мин бэйэм айан оҥоробун
Дьыл кэмнэрин курдук мин эмиэ
Олоҕум эргийэр
Кэм уларыйар куруутун бу сиргэ
Кинилиин устабыт биһиги бииргэ

Бу аптаах түүҥҥэ
Алыптаах күҥҥэ
Мин уларыйабын

Бу аптаах түүҥҥэ
Алыптаах күҥҥэ
Мин уларыйабын

Дьылҕам миэнэ дьэҥкэ бэйэм эрэ илиибэр
Анаммыт олоҕум миэхэ манна биир эрэ
Бириэмэ ардыгар түргэтээн эрэрин биллэрэр
Ол онно дьэ кэлэллэр уларыйар кэмнэр
Уларыйабын мин уларыйабын
Саҥа кэлбит кэмҥэ саҥа тыын ылаарыбын
Өйбүнэн-санаабынан онно анаан хомуллабын
Күн уотун батыһа инним хоту хаамабын
Бэлэмнэн эн эмиэ ол эйгэҕэ киирэргэ
Ханнык эмэ кэмҥэ талаһыаҥ син биир иннэ
Ол иннинэ алыс манна наһаа
Сылдьыма бэйэҥ эйгэҕэр эн саһан
Даа кытаат кынаттан кэммит ыраатта батта
Хайдах да кыраттан иҥнимэ мантан утаа
Бу олохпут биһиэнэ уларыйар дии
Ону-маны ирдиирэ бука кэлин элбиир

Бу аптаах түүҥҥэ
Алыптаах күҥҥэ
Мин уларыйабын

Бу аптаах түүҥҥэ
Алыптаах күҥҥэ
Мин уларыйабын

Истэн кэбис,
Чаҕылхай тыллар сатаан ыллыыллар
Мантан ыла ыра санаам манна көҥүллүк тыынар
Ырыам миэнэ буолар
Саамай табыллар хартыынам
Уонна уларыйыы буолар
Миэхэ биир сөптөөх хардыынан
Уларыйабын мин уларыйабын
Урукку олох тыынын кыайан тулуйбаппын
Уйабын эрээри мин суолум олох букатын атын
Биир сиргэ син биир сатаан мин өр турбаппын
Арай наар манна наар барыта хатыланар
Ардыгар бириэмэ мээнэ халтайга баранар
Хаайтарар түгэннэр эмиэ да бааллар
Сороҕор киһиэхэ итинник буолар
Мин уларыйыахпын баҕарбытым ыраатта
Олус ыраатта
Ол гынан баран кыраттан
Саҕаланар барыта
Таах халтайга сыыһа бириэмэни ыытар

Сыллар ханна усталлар?
Ханна баран хаалаллар?
Саамай күндү кэмнэрбит
Бу буола тураллар эбит
Баарт баар буол
Эн эрэ баар буол
Мин баҕам миигин наар угуйар буол
Иннибэр киэҥ дуол кэрэ ойуунан туол
Мин баҕарарым диэн бу дойдуга ол
Мин тус олоҕум барыта ситэри
Көрөбүн астына тулабын мин сэргии
Кэлин кэрийэ барыам мин ийэ сирбин
Миигин сүрэҕим сулустарбар сирдиир
Дьыл кэмнэрин курдук мин эмиэ
Олоҕум эргийэр
Кэм уларыйар куруутун бу сиргэ
Кинилиин устабыт биһиги бииргэ

Бу аптаах түүҥҥэ
Алыптаах күҥҥэ
Мин уларыйабын

Бу аптаах түүҥҥэ
Алыптаах күҥҥэ
Мин уларыйабын

ТАР5АТ: