Ил Дархан Айсен Николаев бэс ыйын 2 күнүгэр Намныыр суол 11-18 килэмиэтиригэр баар учаастагы оҥоруу үлэтин көрдө.
Айсен Николаев СӨ Тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэҕэ Туймаада ыһыаҕын кэмигэр бу суол быылын хаптатар үлэни ыытарыгар соруйда. Итиэннэ Ил Дархан бырааһынньык кэмигэр Үс Хатыҥҥа диэри тиийэр суол схематын нэһилиэнньэҕэ кэмигэр иһитиннэрэргэ эттэ.
СӨ Тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев бэс ыйын 5 күнүгэр диэри бу учаастакка суолга буору кутуу үлэтэ түмүктэнэрин эттэ. Бу кэнниттэн маны щебень-кумах булкааһынан бүрүйүөхтэрэ. Итиэннэ миниистир ыһыах кэмигэр суолу хлористай кальцийы туттан, быылын хаптатар үлэ ыытыллыаҕын туһунан иһитиннэрдэ. Ол күннэргэ тыраассаҕа уунан ыһар массыына дьуһуурунайдыаҕа.
Миниистир Владимир Сивцев этэринэн, үлэ болдьоҕор ыытыллар, эбийиэк 61 бырыһыан бэлэм. Учаастакка 3,5 км аспаал тэлгэммит, разметка бэс ыйын 15 күнүгэр оҥоһуллуоҕа.
Оттон Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев бу үлэ балаҕан ыйын 23 күнүгэр түмүктэниэхтээҕин эттэ.
Санатан суруйдахха, үлэ сэттэ килэмиэтиртэн тахса усталаах сиргэ ыытыллар. Манна айанныырга түөрт балаһанан сырыыны, аспаалы тэлгэтиини, эргиири оҥоруохтара. Итиэннэ тохтобуллары, светофордары туруорар былаан баар.
Андрей Сорокин хаартыската.