Эдэрсаас

Чэпчэтиилээх билиэт атыыга таҕыста — Эдэрсаас

Чэпчэтиилээх билиэт бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 29 күнүттэн, атыыга таҕыста. Росавиация 2022 сылга  субсидиялаах көтүүнү хааччыйыахтаах авиахампаанньалар испииһэктэрин таһаарда.   Ол курдук, Уһук Илиҥҥи уокурукка саастарынан хааччаҕа суох чэпчэтиилээх көтүүнү «Алроса»  (Мииринэй – Москва, Полярнай – Москва), «Аэрофлот» (Дьокуускай – Москва),  «Ред Вингс» (Мииринэй – Санкт-Петербург,  Дьокуускай – Санкт Петербург), «Якутия» (Нерюнгри – Москва) хампаанньалар хааччыйыахтара. Кэлэр сылга  …

Чэпчэтиилээх билиэт атыыга таҕыста — Эдэрсаас Читать полностью »

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга оптуобус төлөбүрэ үрдээтэ — Эдэрсаас

Эрдэ иһитиннэрбиттэрин курдук бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куорат устун оптуобуһунан айан төлөбүрэ үрдээтэ.   edersaas.ru   Оптуобуска төлөбүр сыаната маннык: — уу харчынан уонна баан каартатынан төлөһөөччүлэргэ – 33 солк. — тырааныспар уонна виртуальнай каарталарынан (АСОП: QR, NFC) төлөһөөччүлэргэ – 28 солк. — “Спутник” каартанан – 26 солк.   “Проезднойдар” сыаналара: — 40 айан/ 60 күн – …

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга оптуобус төлөбүрэ үрдээтэ — Эдэрсаас Читать полностью »

Сэбээн күөллэр бородуукталара буорту буолар кутталланна — Эдэрсаас

Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүн олохтоохторо дойдуларыгар дьэ, көттүлэр. Ол эрээри, кэһиилэрин, малларын-салларын пуорка хааллардылар. Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүн олохтоохторо бэҕэһээ, тохсунньу 1 күнүгэр, бөртөлүөтүнэн дойдуларыгар көттүлэр. Саҥа дьыл күн кинилэр дойдуларыгар сатаан көппөккө эрэллэрэ сүппүтэ. Ол эрээри, сарсыҥҥы күн соһуччу сарсыада аҕыс чааска гостиницаларыгар оптуобус кэлэн барыларын ылбыта. Үөрүүлээх күннэрин арай дьонноругар ылбыт кэһиилэрэ пуорка хаалбыта …

Сэбээн күөллэр бородуукталара буорту буолар кутталланна — Эдэрсаас Читать полностью »

Быйылгы чэпчэтиилээх көтүүгэ 12,3 млрд солк. көрүлүннэ — Эдэрсаас

Быйылгы чэпчэтиилээх  көтүү үбэ быһаарылынна.  Уһук Илин олохтоохторо киин куораттарга көтөллөрүгэр авиабилиэккэ аналлаах субсидия көрүллүүтэ улааппытын туһунан «Интерфакс» иһитиннэрбит. Ол суума 12,3 млрд солк. тэҥнэһэр, былырыыҥҥы 11,6 млрд солк. этэ.  Онон быйыл 1,43 мөл. киһи чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанара былааннаныллыбыт. Ирдэбил быһыытынан пааспардарыгар  Уһук Илиҥҥэ олороллорун туоһулуур “анал сурук” баар буолуохтаах уонна 23-гэр диэри саастааах ыччат, …

Быйылгы чэпчэтиилээх көтүүгэ 12,3 млрд солк. көрүлүннэ — Эдэрсаас Читать полностью »

Бүлүү өрүскэ айан-сырыы 30 туоннаҕа диэри үрдээтэ — Эдэрсаас

Бүлүү суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 5 күнүттэн  Бүлүү федеральнай суолга 660-с км (Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ), 807-с км  (Күндээдэ), 956-с км (Устье)   уонна 1049-с км (Кириэстээх) учаастактарга  өрүс мууһа 30 туоннаҕа диэри уйуктаммыт. Онон ити ыйааһыҥҥа диэри эппиэттиир тимир көлөлөр сылдьаллара көҥүллэннэ. Тустаах тэрилтэ салалтата  ити учаастактарынан айанныырга кутталы үөскэппэт инниттэн  тимир көлөлөөхтөр ыйааһын ирдэбилин тутуһалларыгар …

Бүлүү өрүскэ айан-сырыы 30 туоннаҕа диэри үрдээтэ — Эдэрсаас Читать полностью »

Автооскуолалар үөрэнээччилэрин испииһэгин Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтигэр ыытыахтара

Судаарыстыбаннай автоиниспиэксийэлэр уонна автооскуолалар бииргэ үлэлэһиилэрин саҥа бэрээдэгэ 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн киириэҕэ. Мантан ыла автооскуолалар Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтигэр (ГИБДД) үөрэнээччилэрин испииһэгин ыытыахтара. Ити туһунан ТАСС суруйар. “Бирикээс 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирэр уонна 2028 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ”, — диэн докумуоҥҥа суруллар. Автооскуолалар …

Автооскуолалар үөрэнээччилэрин испииһэгин Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтигэр ыытыахтара Читать полностью »

Дьокуускайтан Читаҕа диэри быһа рейс олохтонуоҕа — Эдэрсаас

«Аврора» биир кэлим Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа Чита — Дьокуускай — Чита хайысхатынан субсидиялаах көтүүнү номнуо тохсунньуттан саҕалыаҕа. Рейс нэдиэлэҕэ биирдэ оҥоһуллара былааннанар. «Субсидиялаах рейс федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр. Биир хайысхаҕа көтүү сыаната 10 тыһ. солк. үрдээбэт», — диэн Забайкальскай кыраай тутууга,суол хаһаайыстыбатыгар, тырааныспарга миниистирэ   Дмитрий Ватагин иһитиннэрдэ. edersaas.ru

«Бүлүү» трассаҕа киһи өлүүлээх суол быһылаана буолла — Эдэрсаас

Бэҕэһээ, тохсунньу 9 күнүгэр, «Бүлүү» трассаҕа 16 киһи эчэйиилээх, биир киһи өлүүлээх суол быһылааннара буоллулар. Ол иһигэр 5 оҕо эчэйиини ылла диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Барыллаан иһитиннэриинэн, бэҕэһээ 15:20 чааска «Бүлүү» трасса 130-с килэмиэтиригэр «Тойота Королла Филдер» массыына суоппара эргиигэ сатаан ыыппакка утары айанныыр суолга тахсан биэрэн, «Тойота Ипсум» массыыналыын харсыспыт. Ол түмүгэр «Тойота …

«Бүлүү» трассаҕа киһи өлүүлээх суол быһылаана буолла — Эдэрсаас Читать полностью »