Саха уһулуччулаах бэйиэтэ Алампа хоһоонноро ырыа буолан, муусука доҕуһуолланан, киэҥ эйгэҕэ тахсара кини мэлдьи тыыннааҕын туоһулуур. Мин санаабар, кэнсиэр кэнниттэн көрөөччүлэр Алампаны саҥаттан арыйыа этилэр. Биллэн турар, сонун бырайыак буолан олуһун долгуйабыт уонна бэйэбит да Сахабыт дьоно ырыанан дьүһүйүүнү хайдах ылыныахтарай диэн толкуйга сылдьабыт», – диир бырайыак ааптара Руслан Тараховскай.