Алексей Колодезников: “Гаас уматыгын сапыраапкалыыр ыстаансыйалары элбэтиэхпит”

Тимир көлөлөрбүт сүрүн «аһылыктарынан» сэлээркэ, бэнсиин буолаллар. Олорбут сыаналара күн-түүн үрдүү турар. Сэлээркэ  сыаната тыа сиригэр көмүстээҕэр ордук ыарахан буолла диэтэхпитинэ, арааһа, улаханнык сыыспаппыт буолуо.

Билигин аныгы олох сиэринэн  саҥа технологияны туһанан гааһы уматык быһыытынан туһаныыга сөптөөх болҕомто ууруллар. Холобур, быйыл Дьокуускай куоракка тимир көлөнү бэнсиинтэн гаас уматыкка (чуолаан метаҥҥа) көһөрүү ороскуотун толойууга субсидия көрүллэр буолла. Ол толуйуу 90 %-ҥа тэҥнэһэр. Быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэ  бүддьүөтүттэн 24 мөл.  солк. тыырылынна. Итини тэҥэ,   гаас уматыгынан үлэлиир тимир көлөлөөх  дьоҥҥо тырааныспар нолуога 50 % чэпчиир буолла. Бу улахан көмө.

«Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ  Алексей Колодезников  гаас уматыгын туһаныыны сайыннарыыга санаатын маннык үллэһиннэ:

— «Сахатранснефтегаз» хампаанньа Саха сирин нэһилиэнньэтин дьиэлэрин-уоттарын, социальнай хабааннаах эбийиэктэрин  гааһынан хааччыйарын таһынан, убатылллыбыт гааһы эмиэ  «уһанар» (СУГ).  Дьокуускайдааҕы гааһы переработкалыыр собуоппут күөх төлөнү күүскэ «куурдан» убатан, тимир көлөлөргө уонна хомунаалынай хаһаайыстыбатаҕа туһаныллар уматыгы оҥорор. Билигин Дьокуускай куоракка гаас уматыгы сапыраапкалыыр түөрт ыстаансыйабыт үлэлии турар. Былаан быһыытынан тустаах собуоппутугар  саҥа анал установканы туруоран, тимир көлөҕө аналлаах уматыгы оҥорон таһаарыы кээмэйин лаппа улаатыннарыахпыт.  Онон сибээстээн, билигин  гаас уматыгы сапыраапкалыыр ыстаансыйалыры элбэтэр туһунан боппуруоһу быһааран эрэбит.

 

ТАР5АТ: