Саха сиригэр иккис сөмөлүөт сүттэ
СӨ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр иккис сөмөлүөт радартан сүттэ. Өлөөн улууһун Өлөөн аэропордугар түһүөхтээх Ан-30 сөмөлүөт 30-ча килэмиэтирдээх сиртэн сибээстэн сүттэ. «Мир» НПП хампаанньа Ан-30 сөмөлүөтэ аан бастакы көтүүтүн 1978 сыллаахха оҥорбут. Салгын суднота Дьокуускай — Өлөөн маршрутунан кэмиэрчэскэй рейси толорон испит. Сөмөлүөт экипаһа бүтэһигин Өлөөн улууһуттан 30 килэмиэтирдээх сиргэ сибээскэ тахса сылдьыбыт. …