Түҥ өрүс (эссе)
Киһиэхэ биир тосхойор дьол — айан уонна саҥаны арыйыы. Саҥаттан саҥа сирдэри, көрбөтөх, ардыгар маннык баара буолуо диэн сэрэйбэтэх да түөлбэлэргин, атын айылҕаны, эмискэ чугас буолан хаалбыт билсиспит саҥа дьоннору, дьылҕалары, үөрэр-хомойор дууһалары. Хаартысканы Борис Павлов тиксэрдэ. Миэхэ төрөөбүт Сахам сиригэр саҥа сирдэри бииртэн биир арыйарга күлүүһүнэн уус-уран тыл, дойдум уруккутун — былыргытын кэрэхсээһин уонна …