Ийэ тылы өрө тутар баннер ыйанна
Бу сайын Сунтаарым устун хааман иһэн нэһилиэги киэргэтэр баннердар эргэрбиттэрин, үгүһэ алдьаммыттарын бэлиэтии көрөн сахалыы тыллаах суруктары элбэтиэххэ баара диэн санаа киирэн бу өйүк үөскээбитэ. Тутатына «Эйэлээх олох эргилиннин, ырыа-тойук эҥсилиннин! Эйэ ыһыаҕар эдэр-эмэн эҕэрдэ кэһиилээх кэллин!» диэн этии төбөбөр киирэн, аны маны олоххо киллэрэргэ хантан үптэнэбин диэн буолла. Онуоха урбаанньыттар өйүө эбиттэрэ буолуо диэн …