Айсен Николаев Саха сириттэн төрүттээх суруйааччыны, Андрей Геласимовы, «Россия искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ» бочуоттаах ааты ылбытынан эҕэрдэлээтэ.
«Андрей Валерьевич Саха сиригэр олус истиҥ сыһыаннаах. Кини манна күн сирин көрбүтэ, үлэлээбитэ. Кини кинигэлэригэр дойдуга таптал бэлиэтэнэр, ураты тыыннаах. Саха сирэ Андрей Геласимовы үрдүктүк сыаналыыр. Ол курдук, өссө 2010 сыллаахха СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. «Айар» кинигэ кыһата кини айымньыларын хомуурунньугун сахалыы тылынан таһаарбыта. Онон Андрей Геласимов үлэтэ дойдута үрдүктүк сыаналаммытыттан олус үөрэбин. Саха сирэ эйиигинэн киэн туттар», — диэн Ил Дархан эҕэрдэтин эттэ.