Ил Дархан Арктика күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ — НВК Саха

Ил Дархан Арктика күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.

«Бу өрөспүүбүлүкэбит бүттүүнүн бырааһынньыга. Арктика тыйыс айылҕатыгар 1 мөлүйүөн 600 тыһыынча квадратнай миэтэрэлээх сиргэ 68 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Билигин аан дойдуга Арктика суолтата улаатта», — диэн кини бэлиэтээтэ.

Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарга Айсен Николаев махталын биллэрдэ.

«Хоту олорор норуоттарга барҕа махталбын тиэрдэбин. Кинилэр кытаанах санаалаахтар, төрүт үгэһи үйэтитэллэр, сатабылы үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэллэр», — диэтэ.

Арктика уонна Уһук Илиҥҥи регион дойду үрдүнэн экономическай сайдыыны кэрэһэлииллэрин, Саха сиригэр уонна Россияҕа Арктика – кэлэр кэскил буоларын бэлиэтээтэ.

«Бары биир санаанан Арктика үүнэрин-сайдар ситиһиэхпит», — диэн санаатын эттэ.

 

ТАР5АТ: