🔹 СӨ култууратын миниистирэ Афанасий Ноев Сунтаар улууһугар үлэлиир. Оробуочай бөлөҕү кытта, бастаан утаа, Кириэстээххэ национальнай барылынан тутулла турар култуура эбийиэгин көрдүлэр.
🔹 Бэдэрээччит «Андраники» тэрилтэ бүгүҥҥү күҥҥэ 20-чэ үлэһиттээх тутуу үгэнигэр сылдьаллар. Билигин тас бүрүөһүнүн түмүктээн эбийиэккэ сылытар ситимин холбуур сорук турар.
🔹 Тутуу хаамыытын ылан көрдөххө, үлэ 82%-на бүппүт. Ис өттүгэр эркиннэрин кырааскалаан, муостатын тэлгээн, ааннары туруорбуттар.
🔹 Эбийиэк бастакы уочараттаах тутуута былаан быһыытынан ахсынньы ый тиһэх күннэригэр түмүктэниэҕэ.
Санатан эттэххэ, «Култуура» национальнай бырайыак быйылгы сылынан түмүктэнэр. Онон республикаҕа Аллараа Бэстээххэ уонна Кириэстээххэ тутулла турар эбийиэктэр, олус көдьүүстээх барылы, түмүктүүр үлэлэринэн буолаллар.
Источник: https://t.me/krestyakh_news/7822